Ыһыах – саха Саҥа дьыла
Былыргыттан сахаларга ордук күүтүүлээх күн- ыһыах күнэ. Өбүгэлэрбит тымныы кыһыны ыараханнык туорууллара. Кинилэр сүөһү ииттэн олорбуттара. Отторо- мастара тиийбэтэ. Онон сайын кэлэрэ дьол, үөрүү этэ.
Ыһыах бэс ыйыгар буолар. Айыылартан, сир- дойду иччилэриттэн көрдөһөбүт. Сарсыарда күн тахсарын көрсөн ыраастанабыт. Ыһыахтаан былыргы сахалар Саҥа дьылы көрсөллөрө. Ынах, сылгы баайдаах буолан, эт, кымыс, саламаат дэлэйэр. Ат сүүрдүүтэ, түүннэри оһуокай буолар. Күүстээхтэр атах оонньоон, тустан, мас тардыһан күрэхтэһэллэр. Ыһыах – үрдүк үөрүүлээх күн!
Кыыдаан кыһын ааспытыттан,
Күннээх кэрэ сайынтан
Саха киһи сүрэҕэ
Өрүкүйэ үөрдэҕэ!
Чэчир анньан, чороон тутан,
Кыынньар кымыс утах куттан,
Күнү көрсөн, алгыс ылан,
Ыһыахтыыбыт ыалдьыт мунньан!
Оһуокайдаан ойобут,
Олоҥхолоон туойабыт,
Төрөөбүт үтүө дойдубут
Сайдар суолун ыллыыбыт!
Бу күн чэрчитинэн, Нам улууһун бэйиэттэрэ уонна саҥа суруйар хоһоонньуттар
Ыһыах туһунан хоһооннорун ааҕыҥ, туһаныҥ, сэргээҥ