Новости
Балаҕан ыйа: Улуу Суорун Айыы ыйа
Балаҕаны саха үс көрүҥун туттан олорор үгэстээх: кыстык балаҕан, сайылык, отордуур балаҕан диэн. Балартан саамай кичэллээхтик, биллэн турар, кыстык балаҕан оҥоһуллар.
Балаҕан ыйыгар отордуур балаҕаҥҥа олоро түһэн баран, Сэмэнэптэн (Сибэтиэй Симеон Столпник күнүттэн) кыстык балаҕаҥҥа көһөллөр, ол аата балаҕан ыйын 14 күнүгэр. Ыал үксэ, отторун үлэтэ бүтэн, «кыдама сууйуута» диэн алаадьы сииллэрэ. Мас сэбирдэҕэ түһэр. Тайах, таба сүүлэ саҕаланар, өрүс балыга муораҕа айанныыр. Кылгас кэмҥэ, сайын иккистээн эргийэн, дьахталлар «быттанар» үтүө күннэрэ үүнэллэр.
Саха биллиилээх поэта, прозаик , переводчик
Илья Дорофеевич Винокуров- Чаҕылҕан
төрөөбүтэ 110 сылынан уонна хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыта
80 сылынан ыытыллар ““Саргылаах дойду” биир кинигэ күнэ” улуустааҕы акция чэрчитинэн,
Көбөкөн орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччилэрэ “Хайыһар” хоһоону кэрчиктэргэ арааран уруһуйдаатылар.
Ким да умнуллубат , туох да умнуллубат...
1941 сыл. Бэс ыйын 22 күнэ. Бу күн күүтүллүбэтэх алдьархай дойду үрдүнэн ааҥнаабыта. Суостаах – суодаллаах “сэрии” диэн тылтан дьон олоҕо, дойдубут дьылҕата быһаарыллар ыарахан кэмнэрэ бүрүүкээбиттэрэ.
Бу уоттаах , алдьатыылаах , киһи уйулҕатын хамсатар Аҕа дойду Улуу сэриитэ биһиги норуоппутугар үйэлэргэ умнуллубат ыар баттык, сүппэт – оспот баас, өлбөөдүйбэт өйдөбүнньүк буолар.
Биһиги чулуу дьон, хорсун норуот ыччаттара, сиэннэрэ бу Улуу Кыайыыны уһансыбыт дьоммутун УМНАР БЫРААППЫТ СУОХ. Үйэлэр- сыллар тухары кинилэр ааттарын үйэтитэр – бу биһиги ЫТЫК ИЭСПИТ.
Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат” кинигэ быыстапката турда
Тохсунньу 29 күнүгэр Көбөкөн орто оскуолатын алын кылааһын үөрэнээччилэригэр биир дойдулаахпыт, поэт, тылбаасчыт, гражданскай сэрии кыттыылааҕа, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, САССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах "Үчүгэй Өлүөнэ ырыаһыта - Таллан Бүрэ" уруок ыытылынна. Оҕолор истибиттэрин чиҥэтэн араас боппуруостарга эппиэттээтилэр, суруйааччы хоһооннорун Ядрихинская Кира, Лукинова Сайаана, Троев Харысхан, Федорова Уйгулаана дорҕоонноохтук ааҕан иһитиннэрдилэр. Араас ребустары, таайбараҥнары, хартыынан хоһооннору, хоһоон ааттарын таайдылар.
Режим работы:
Понедельник
10ч00м-18ч00м
Обед: 13ч00м- 14ч00м
Вторник
10ч00м-18ч00м
Обед: 13ч00м- 14ч00м
Среда
11ч00м- 19ч00м
Обед: 14ч00м- 15ч00м
Четверг
11ч00м- 19ч00м
Обед: 14ч00м- 15ч00м
Пятница
10ч00м-18ч00м
Обед: 13ч00м- 14ч00м
Суббота
10ч00м- 13ч00м
Без обеда
Контрольные показатели
Читатели-340
Книговыдача-7310
Посещение-3295
Книжный фонд
8788
Президент России Владимир Путин объявил 2024 год в стране Годом семьи.
Соответствующий указ размещен на официальном интернет-портале правовой информации.
«В целях популяризации госполитики в сфере защиты семьи, сохранения традиционных семейных ценностей постановляю провести в 2024 году в России Год семьи», — говорится в документе.
Айсен Николаев объявил 2024-й год в Якутии Годом детства
«Каждый ребенок достоин счастливого детства, тепла и любви. Каждый ребенок вправе развиваться, имея все возможности, чтобы раскрыть свой талант, свои способности. Каждый ребенок должен быть защищен от любых посягательств, от деструктивного влияния, расти в безопасности – нравственной и физической. Утверждая эти ценности, объединяя всех якутян, все наше общество в заботе о будущем, я объявляю 2024 год – Годом Детства», – сказал Айсен Николаева.
#ОкнаРоссии2022
Респ. Саха /Якутия/, Намский у., с. Харыялах, ул. Набережная, д. 14/1
Библиотека находится в Административно-культурном центре.
Телефон: +7 (965) 998-83-05