Бэс ыйын 1 күнэ – Аан дойдутааҕы Оҕо көмүскэлин күнэ
Оҕо – олох сибэккитэ
Бу бырааһынньык бэлиэтэ – сир саарын оҕолор кууһан тураллар. Хас биирдии оҕо тапталга улаатыахтаах. Оҕолор үөрэ- көтө сылдьыахтаахтар, дойдуга, дьоҥҥо туһалаах буоларга кыһаныахтаахтар. Кинилэр Ийэ дойдуларын ийэлэрин курдук таптыахтаахтар.
Оҕо саас – хаһан да умнуллубат саамай кэрэ кэм.
Оҕо көмүскэлин күнэ
Оҕо – ийэ, аҕа сүрэҕэ,
Дьиэ кэргэн таптала,
Оҕо- эһэ, эбэ аанньала
Кырдьаҕас олоҕун тирэҕэ!
Уу кыһыл оҕону бүөбэйдээн,
Күн ийэ түүн да утуйбат,
Оҕотун таптаан, бэрийэн,
Күнүс даҕаны сынньаммат.
Оҕо баар – дьол тосхойор,
Оҕоттон дьон дьоллонор,
Оҕо – дьиэ кэргэн эрэлэ,
Оҕо – олохпут кэскилэ!
Бу күн чэрчитинэн, Нам улууһун бэйиэттэрэ уонна саҥа суруйар хоһоонньуттар
Оҕо, оҕо саас, оҕо саас ахтылҕанын туһунан хоһооннорун ааҕыҥ, туһаныҥ, сэргээҥ